Сунтаар улууһун бэйиэттэрэ Пушкин хоһооннорун тылбаастыыллар
“Өйдүүбүн, ол күлүм түгэни…” — (“Я помню чудное мгновение…”) Өйдүүбүн, ол күлүм түгэни Аан бастаан эйигин көрбүппүн, Бу ууллан сүтүөхтүү уйаҕас Кэрэттэн кэрэни билбиппин. Санньылҕан аргыстаах айаммар Сүпсүлгэн түбүктээх күннэрбэр, Сирдээҕи сулуһум буолаҥҥын Иннибэр эн мэлдьи сырдыырыҥ. Дьыл-хонук ааспыта ыраны Ыһыахтыыр ытылҕан турбута, Ол иһин эн кэрэ дьүһүнүҥ Ыраатан умнуллан …