Остуоруйа уонна чахчы биир мастан үүммүт лабаалар буолаллар. Бу лабаалар ол аата биир төрүттээхтэр.
Данилов И. К. Алаастарга // Саха сирин туһунан ырыа. – Якутскай, 1969. – С. 77.
Төрөөбүт тыл күннээҕэр күндү уонна кэрэ : хомойбут сүрэҕи үөрдэр, санньыйбыт санааны кынаттыыр, балаҕадыйбыт дууһаны барҕардар, мөлтөөбүтү күүһүрдэр, өлөн эрэри өрүһүйэр.
Данилов И. К. Төрөөбүт тыл // Саха сирин туһунан ырыа. – Якутскай, 1969. – С. 182.
Саха олоҥхото өлбөт үйэлээх поэтическай айымньынан уонна поэзия ситиһиллэ илик холобурунан буолар.
Данилов И. К. Төрөөбүт тыл // Саха сирин туһунан ырыа. – Якутскай, 1969. – С. 184.
Тыл – саха омук үтүмэн үйэлэргэ чочуйбут, чопчулаабыт өйдөбүлэ, өлөрү кыайбыт өйө
Уххан
Тыл, Итэҕэл, Олоҥхо – бу омукпут ис дьиҥэ, айыллыытын төрдө… Олоҥхо – омукпут уратылаах үрдүк тыына
Николаев И. Н.-Уххан. Олоҥхо кубулуйуута // Кэм суолугар. – Дьокуускай, 2014. – С. 39.
Тыл ис дьиҥэр тиийбит киһи өлбөт үөстээх.
Тыл – тырымнас иэйии, тыл – тыынар тыын
Николаев И. Н.-Уххан. // Кэм суолугар. – Дьокуускай, 2014. – С. 220.
Сахам тылын аттарабын
Санаабын, иэйиибин таҥабын.
Поэзия тылынан саҥарабын,
Бу кэмҥэ мин – таҥарабын!
Николаев И. Н.-Уххан. Хоһоон айар үгэним // Саха – һахатынан кэрэ. – Дьокуускай, 2000. – С. 9.
Уус уран тылынан уһансан,
Урааҥхай сахалыы хоһуйсан
Байытыһабын төрөөбүт тылбын,
Умнубаппын ончу – сахабын!
Николаев И. Н.-Уххан. Билиэхпин баҕарабын // Саха – һахатынан кэрэ. – Дьокуускай, 2000. – С. 19.
Саха тылын
саһаҕатын саҕыҥ!
Айыы тылын
алгыһын тутуҥ!
Николаев И. Н.-Уххан. ” …Күннээҕи күлэр иэйии…” // Саха – һахатынан кэрэ. – Дьокуускай, 2000. – С. 99.
Сир барахсан! Сир баар киһи-аймах киһи буолар, мэлдьитин биэбэйдэнэр биһигэ.
Иванов И. Г.-Уйбаан Нуолур. Туус Кэнэли. – Якутскай, 1980. – С. 9.
Поэт, бил : эн хоһоон үрүйэҥ
Биэрэгэр дьон мэлдьи айгыстыа,
Утаппыт ааҕааччы үөрүүнэн
Уран тыл уйгутун ыймахтыа.
Иванов И. Г.-Уйбаан Нуолур. Күннүк Уурастыырапка //Алаастан кэллим. – Дьокуускай, 2004. – С. 20.
Ийэ уонна Ийэ дойду
Иккиэннэрэ тэҥҥэ күндү.
Иванов И. Г.-Уйбаан Нуолур. Күн Ийэ алгыһа //
Алаастан кэллим. – Дьокуускай, 2004. – С. 73.
Саргылардаах аартыгынан,
Саха сирэ айанныыгын,
Аҕыс иилээх аан дойдуга
Ааттыын-суоллуун сураҕырдыҥ.
Айхал буоллун эйиэхэҕэ,
Айыы сирэ, Саха сирэ!
Олоҥхобут баай кыраайа –
Ол бүгүҥҥү Республика.
………………………………….
Омук бары олук уурсан
Олох суолун солонобут,
Доҕордоһуу туругуран
Дуолан күүстээх сомоҕобут.
Иванов И. Г.-Уйбаан Нуолур. Айхал, Айыы сирэ! // Алаастан кэллим. – Дьокуускай, 2004. – С. 87.
Суруйааччы – дьон өйүн-санаатын, дууһатын инженерэ…
Соколов Э. Д. Хампа. – Дьокуускай, 2004. – С. 95.
Биһиги фольклорбут, саҥарар тылбыт тыыннааҕын эрэ устатыгар омук дэтиэхпит.
Соколов Э. Д. Чыпчылыйыах түгэннэр. – Дьокуускай, 2004. – С. 132.
Мин ыралыыбын –
Сир ийэм дьолунан күлүмүрдүөн,
Бар дьонум үөрүүнэн өрүкүйүөн,
Устар үйэм тухары
Көрдүүбүн ол биир тылы –
Дьол күлүмнээх күндү тылы!
Григорьева А.М.-Сандаарыйа. Ыра санаа // Үрүҥ өҥ. – Дьокуускай, 2002. – С. 60.
Олох— айыы сырала,
Олох – айыы сарыала.
Григорьева А.М.-Сандаарыйа. Олох – айыы сырала // Хаар куорсунунан суруктар. – Дьокуускай, 2007. – С. 5.
Саха норуодунай суруйааччыта Леонид Андреевич Попов
айымньыларыттан кынаттаах этиилэр.
Төрөөбүт дойду, Саха сирэ
Айар дьулуһуулаах,
Алгыс аргыстаах!
Сахам сайылыгар
Саҥа сандаарбыт күн тыгар.
(“Үлэ сарсыардата” // Уот буол, сүрэҕим. – Дьокуускай, 1979. – С. 599.)
Бар дьоҥҥо аныыбын алгыстаах айхалбын…
(“Мин кимминий?” // Уот буол, сүрэҕим. – Дьокуускай, 1979. – С. 654.)
Баҕарабын бар дьоммор – Күннээх Күнүскүнү!
(“Бар дьоммор баҕам” // Кынаккын уун миэхэ, кыталык .–
Якутскай, 1989. – С. 298.)
Дойдулара киэҥ Сунтаар
Буойуттарга күүһү кутар,
Сүрэхтэргэ өрүү баар
Сунтаар аата-соргута.
(“Сунтаар” // Уот буол, сүрэҕим. – Дьокуускай, 1979. – С. 34.)
Дойдум буорун түөспэр уктуом,
Дойдум буорун туймуу туттуом!
(“Ийэ буор” // Кынаккын уун миэхэ, кыталык. – Якутскай, 1989. – С. 103.)
Күн ыллыыр сиригэр,
Күн чугас сиригэр –
Мин сахам буоругар
Төрөөммүн – дьоллоохпун!
(“Күн чугас” // Уот буол, сүрэҕим. – Дьокуускай, 1979. – С. 545.)
Махтал эйиэхэ, Сахам сирэ,
Таптал эйиэхэ, Сахам сирэ,
Айхал эйиэхэ, Сахам сирэ –
Бар дьонум өйө, күүһэ, кута-сүрэ!
(“Махтал” // Уот буол, сүрэҕим. – Дьокуускай, 1979. – С. 495.
Мин – Россия сахатабын.
(“Мин кимминий” // Уот буол, сүрэҕим. – Дьокуускай, 1979. – С. 654.)
О, Сахам дойдута, кэрэҕин…
Таптыыбын, таптыыбын эйигин!
(“Мин республикабар” // Уот буол, сүрэҕим. – Дьокуускай, 1979. – С. 131.)
…Республикам!
Эйиэхэ холбуубун кэскилбин, олохпун,
Эн дьоллоох буолаҥҥын, мин дьоллоохпун!
(“Мин республикабар” // Уот буол, сүрэҕим. – Дьокуускай, 1979. – С. 118.)
Сир киэнэ кэрэтэ – Тойбохой,
Мин үөрүүм, мин дьолум сорҕото!
(“Тойбохой сыһыыта” // Уот буол, сүрэҕим. – Дьокуускай, 1979. – С. 164.)
Төрөөбүт төрүт буорум – Хоту дойдум,
Иитиллибит Ийэ сирим – Хоту дойдум.
(“Мин кимминий” // Уот буол, сүрэҕим. – Дьокуускай, 1979. – С. 653.)
Тыл, айар үлэ
Алгыстаах тыл – айыы алыба
Кырыыһы өрүү кыайа туруо.
(“…Үтүө сүрэх” // Кынаккын уун миэхэ, кыталык. – Якутскай, 1989. – С. 105.)
Бэйэлээх бэйэм сүрэҕим –
Мин ырыа сүрэҕим.
(“Мин сүрэҕим” // Кынаккын уун миэхэ, кыталык. – Якутскай, 1989. – С. 298.)
Дьиҥнээх поэт сүрэҕэ
Айар, ыллыыр күрэҕэр
Албан аакка баҕарбат,
Албын дьолго тардыспат!
(“Поэт сүрэҕэ” // Кынаккын уун миэхэ, кыталык. – Якутскай, 1989. – С. 12-13; Уот буол, сүрэҕим. – Дьокуускай, 1979. – С. 214).
Дьоллоох үйэ тойугар
Ыллам ырыам кыттыһар.
(“Мин кимминий” // Уот буол, сүрэҕим. – Дьокуускай, 1979. – С. 654.)
Кырдьыбат сүрэҕи
Поэкка биэрбиттэр,
Кырдьыыны билиммэт
Поэттар эбиттэр!
(“Кинигэ лиистэрэ” // Уот буол, сүрэҕим. – Дьокуускай, 1979. – С. 483 ;
Кынаккын уун миэхэ, кыталык. – Якутскай, 1989. – С. 92.)
Мин андаҕарым – суруйар хоһооннорбор.
(“Саҥарбат буолуохха сатаммат” // Уот буол, сүрэҕим. – Дьокуускай, 1979. – С. 132.)
Мин көтөр кынатым – дьон хайҕала.
Мин көтөр кынатым –дьон таптала. (“Мин олорор олоҕум” // Кынаккын уун миэхэ, кыталык. – Якутскай, 1989. – С. 304.)
Олоҕу бэйэтин оҥорсоору,
Уус тылга дууһабын биэрэбин!..
(“…Чуумпу биэрэккэ тиксээри” // Кынаккын уун миэхэ, кыталык. – Якутскай, 1989. – С. 10 ;
Уот буол, сүрэҕим. – Дьокуускай, 1979. – С. 211).
Тигинэс оһоххо
Тэҥнэһэр олоххо
Өрүүтүн олоруом,
Үлэлиэм, оҥоруом.
Үөрүүбүн үллэриэм,
Санаабын түҥэтиэм
Дьон ахсын, сир ахсын…
(“Аҕыс уонум да аастын” // Уот буол, сүрэҕим. – Дьокуускай, 1979. – С. 439.)
Уот буоллун мин сүрэҕим,
Уот буоллун мин тапталым,
Уот буоллун мин олоҕум!
(“Уот” // Уот буол, сүрэҕим. – Дьокуускай, 1979. – С. 468.)
Уус тыл, үрдүк өй-санаа
Кистэллэрин арыйталыы
Айанныыбын, тыыммын анаан,
Өҥөйбөтөх үрдэллэргэ,
Үктэммэтэх мөҥүөннэргэ!
(“Ыраах айаҥҥа” // Кынаккын уун миэхэ, кыталык. – Якутскай, 1989. – С. 133.)
Хоһооммунан олорбутум,
Хоһооммунан дьолломмутум!
(“…Оҕо сааспыттан” // Уот буол, сүрэҕим. – Дьокуускай, 1979. – С. 442 ;
Кынаккын уун миэхэ, кыталык. – Якутскай, 1989. – С. 64.)
Ырыа айар – бу дьолум,
Ырыам ылыа махталы!
(“Бэлэх сибэкки” // Уот буол, сүрэҕим. – Дьокуускай, 1979. – С. 473.)
Киһи, сиэр-майгы
Атаҕастаама, айылҕаны –
Айылҕа оҕотоҕун эн!
(“Айылҕа оҕотоҕун” // Кынаккын уун миэхэ, кыталык. – Якутскай, 1989. – С. 285.)
Дьолуҥ баар –
Дьоҕус ытыскар.
Илииҥ чэринэн
Эн дьолуҥ кэмнэнэр!
(“Киһи дьоло” // Уот буол, сүрэҕим. – Дьокуускай, 1979. – С. 427 ;
Кынаккын уун миэхэ, кыталык. – Якутскай, 1989. – С. 55)
Дьон махтала – киһини киэргэтэр.
(“Бэйэтин умнубут” // Уот буол, сүрэҕим. – Дьокуускай, 1979. – С. 210.)
Дьоннуун дьоллоох эрэ сылдьыаҥ,
Дьолу дьоннуун эрэ айыаҥ.
(“Дьоннуун дьоллоох сылдьыаҥ” // Кынаккын уун миэхэ,
кыталык”. – Якутскай, 1979. – С. 266.)
Ким албын-көлдьүн доҕордоох –
Бэйэтэ оннук олохтоох!
(“…Доҕотторуҥ куһаҕанын” // Уот буол, сүрэҕим. – Дьокуускай, 1979. – С. 178.)
Киһи – улуу айылҕа,
Киһи – Кэскил уонна Дьылҕа!
(“Эмиэ киһи туһунан” // Кынаккын уун миэхэ, кыталык. – Якутскай, 1989. – С. 303.)
Кылбайар кырдьык иһин турарга,
Чаҕылхай чахчыны таптыырга,
Ол туһугар өлөргө-тиллэргэ
Ананан кэлбиппит бу сиргэ!
(“Кырдьык иһин” // Уот буол, сүрэҕим. – Дьокуускай, 1979. – С. 225.)
Урукку олохпутун биллэххэ,
Ордук өйдүөхпүт бүгүҥҥүнү.
(“…Өбүгэ өтөҕүн хасыһан…” // Уот буол, сүрэҕим. – Дьокуускай, 1979. – С. 228.)
Үтүө киһи үгүс доҕордоох,
Доҕордоох киһи – дьоллоох!..
(“Маарыйа малааһына” // Кынаккын уун миэхэ, кыталык. – Якутскай, 1989. – С. 204.)
Үтүө киһи – үтүө суолу тутуһар,
Барбах киһи – барбах суолу батыһар!
(“…Биирдэ эн ыйыттыҥ миигиттэн” // Уот буол, сүрэҕим. –
Дьокуускай, 1979. – С. 669.)
Хорсун сүрэх – кутаа уоттаах…
(“Лена кутаалара” // Уот буол, сүрэҕим. – Дьокуускай, 1979. – С. 331.)
Хотойдор көтөллөр үрдүккэ,
Хорсуттар тиийэллэр ыраахха.
(“Нуучча киһитэ доҕорбор” // Уот буол, сүрэҕим. – Дьокуускай, 1979. – С. 97.)
Эн дьолуҥ – майгыҥ көнөтүгэр,
Эн дьолуҥ – сүрэҕиҥ үтүөтүгэр,
Эн дьолуҥ – илииҥ эрчимигэр,
Эн дьолуҥ – оҕоҥ кэскилигэр!
(“ Эн дьолуҥ” // Кынаккын уун миэхэ, кыталык. – Якутскай, 1989. – С. 279.)
Эн туох эмэ дьоҕурдаах,
Эн туох эмэ туһалаах
Буолар да буоллаххына,
Махталы ыллаххына –
Учуутал үтүөтэ,
Учуутал өҥөтө!
(“Учуутал туһунан” // Уот буол, сүрэҕим. – Дьокуускай, 1979. – С. 386.)
***
Күнү көрбүт Ийэ дойдуга
Сүрэҕиҥ, дууһаҥ уотун
Төһөнү биэрэҕин да –
Соччонон эн дьоллооххун.
Алексеев И. Г. Дьол // Дорообо, кэлэр кэм! – Якутск, 1964. – С. 17.
Саха удьуор муудараһын,
Саха умсулҕаннаах ырыаларын,
Саха бэҕэһээҥҥи, бүгүҥҥү,
сарсыҥҥы дьылҕатын
барытын ылынабын,
Санаа курдук дириҥ,
Сүрэх курдук истиҥ
Ийэ тыллаах буоламмын.
Алексеев И. Г. Ийэ тыл // Дорообо, кэлэр кэм! – Якутск, 1964. – С. 20-21.
Төрөөбүт ийэ тылгын
билбэт,
таптаабат,
Көлүммэт буоллаххына,
Эн
толору дьолуҥ суох,
Эн
төрөөбүт
Хаан-уруу дьонуҥ суох!
Алексеев И. Г. Дьол // Дорообо, кэлэр кэм! – Якутск, 1964. – С. 17.
Хомуйда Раиса Павлова
Сунтаар киин бибилэтиэкэтин бибилэтиэкэрэ.
Тохсунньу ый, 2024.